Обложка книги «Бүтэһик ботуруон»

Бүтэһик ботуруон

Май Прокопьевич Емельянов

Читать онлайн

Скачать

Начало книги

Ньурбаҕа ыалга олорон оскуолаҕа үөрэнэбин. Күһүн өрөбүлбэр Дьаархаҥҥа дьоммор кэллим. Куһу Ылдьыынтан бултанара. Онон дьиэ таһыттан кинини булар ыарахаттардааҕа. Ол эрэн кус бара илигэ, күөллэргэ мунньустан үөрдэһэн эрэллэрэ. Сарсын кустуу бараары сүпсүгүрдүм. Бастаан сааланарбар аҕам сүүрбэлээх кыра сааны ылан биэрбитэ. Хайдах ытарга, ордук сэрэхтээх буоларга үөрэтэн баран кустата ыытта. Икки эрэ ботуруону биэрдэ. Суптурҕаҥҥа кустар олороллоругар бэрт уһуннук үөмэн киирдим. Өссө чугастан ытаары, кылгас сотолоох саппыкынан тыаһа суох ууну кэһэн чугаһыы түстүм. Икки улахан куһу хоһулатан баран, аҕам холбоон эрэ баран ытаар диэбитэ, накыйан олорон ы-ыт! Биирдэ ууга олоро түстүм. Буорах буруотун быыһынан көрдөхпүнэ, биир хаалбыт курдук, ууга туох эрэ мөхсөр. Иккиһэ хойобууннанан, ньыкыйыаҕынан ньыкыйан от быыһыгар киирэн эрэрэ. Сонум сиэбиттэн иккис ботуруоммун ылан саабар угаат, кыһыыбар, кэнниттэн ытан хааллым. Кытыыга тахсан сыгынньахтанным. Куһум атыыр мороду эбит. Иккиһин булбатым, барбыт быһыылааҕа. Дьоммуттан эмиэ да хайҕанным, эмиэ да сэмэлэнним. Саабын санныбар күүскэ тирээбит буолан бүлгүнүм ыалдьыбатах. Ол оннугар атахпар олорон эрэ ыппыт буолан, түҥнэри тэптэрбиппин. Аҕам:

Читать дальше →

Жанр
Современная русская и зарубежная проза
ISBN
978-5-7696-4561-7
Язык
sh
Размер FB2
649,2 КБ
Добавлена